ИЙЭ ТЫЛ БАРАХСАН

Былыргы олоҥхо үөскээбит ньууруттан,
Бараммат баай тылбыт хааһахтан оронор
Боотурдар кистэлэҥ күүстэрэ хоһуллар,
Быйаҥнаах айылҕа оһуордуун аһыллар.

Ийэ тыл барахсан дьалкыйар долгуннаах
Илбистээх күүһүнэн абылыыр алыптаах,
Ийэлии сып- сылаас эйэҕэс дьайыылаах,
Иһирэх кэпсээннээх, дьиктилээх сэһэннээх.

Төрүт тылым барахсан хааммынан сүүрэҕин
Төлкөбөр, удьуорбар кутуллан тиийэҕин,
Төрүт тыл — ийэ тыл мин баайым, сүрэҕим,
Төрөөбүт тылбынан тыыннаахпын дэнэбин.

Сахалар баай талым тылбытын харыстаан
Сахалыы көҥүллүк саҥарар дьоллоохпут,
Балысхан сайдыылаах олоххо сыппаамыах,
Бүттүүнүн турунан тылбытын көмүскүөх!
Инна Николаева Майа
«Таммахтар»

Дата обновления страницы: 15.02.2022