САҤАРЫАҔЫҤ САХАЛЫЫ

Саха сирин төрүт дьоно
Саха тылын өрө тутуох,
Сарсыҥҥыга эрэллээх
Саҥарыаҕыҥ сахалыы.

Кэнэҕэски ыччаппытын
Кэскилбитин тэнитэн,
Көҥүллүк, ыраастык
Саҥарыаҕыҥ сахалыы.

Төрүччүбүт илдьэ кэлбит
Төрүт көмүс-саха тылын,
Төлө туппат туһуттан
Саҥарыаҕыҥ сахалыы.

Төлкө төрдө- Саха тыла
Сайда турдун үйэлэргэ,
Харыстыаҕыҥ тылбытын
Саҥарыаҕыҥ сахалыы.
Инна Николаева Майа
«Таммахтар»

Дата обновления страницы: 15.02.2022