Стихи посвященные Героям СВО

ТУМАН БУОЛАН ЭРГИЛЛИЭХПИТ

Күһүҥҥү күн добдурҕата
Көтөҕөлүүн өрө тустар,
Алдан эбэ сөрүүн уута
Долгуннура илин устар.

Сэрии иэдээн дуораана
Кутанаҕа тиийэн кэллэ.
Хара бэлиэ бэбиэскэнэн,
Уолаттары илдьэ барда.

Маннык курус олох суолун
Биттэммэккэ, түһээбэккэ.
Иллээх, сиэрдээх майгылаах,
Биир санаанан олорбуппут.

Ийэ дойдуну көмүскүү
Өстөөх обот, иҥсэ дьааты —
Тиллэн кэлбит адьынаты,
Кырган эһэр санаанан.

Хорсун хоодуот оҕолорбут
Дьиэ бастыҥ эрэллэрэ —
Тумус туттар үтүө дьоммут-
Уот сэриигэ киирдилэр…

Хаарыан аҕа, убай, быраат
Дьоллоох олохтон ырааттыҥ…
Ханна тиийэн киһи буолан,
Сэрииттэн ордон кэллэргиэн…

Ийэҕэ баар — уон төгүл ыарахан
Күннэтэ кэтэһэр киһиэхэ —
Оҕотун өлүүттэн көмүскээн
Айыылартан ааттаһара…

Туох харысхал абырыай?
Дурда — хахха буолуо этэй?
Тимир куйах быыһыаҕай?
Өлөр өлүүттэн таһаарыай?

Өстөөх күүһэ сытыырхайар
Быстан биэрбэт, кыайтарбат…
Арҕаа дойдуттан хааччыллар,
Сэрии сэбэ кэлэ турар…

Уоттаах сэрии — кутаа уота
Алдьархайдаах харсыһыы,
Тыын былдьаһыы өстөөхтөн,
Хорсун киирсии, хапсыһыы…

Сэрии өлүү — сүтүү, эстии
Бүтэн биэрбэт, уоскуйбат.
Хара тыыннаах- хаҕа таас,
Мөлтүөх быһыыта биллибэт…

Ад айаҕа «Передовой»
Окуопа, снайпер, дрон — тула.
Уматар, алдьатар, охторор —
Өлөр ынчык иһиллэр…

Эйэлээх олохпут туһугар
Үтүөкэн бэйэлээх уолаттарбыт —
Олохторун толук ууран,
Сэрии толоонугар оҕуннулар…

Кутурҕана дьиэ кэргэҥҥэ —
Ийэҕэ, кэргэҥҥэ, аймахха
Ханнык — тыл уоскутуой?
Сүрэҕи, дууһаны сааратыай?!

Ыар сүтүк ынырык сураҕа
Хам ылла — бар дьону ытатта…
Бу сэрии алдьархай содула —
Бааһырта — тулаайах хаалларда…

Эдэркээн аҕалар, убайдар,бырааттар
Киэн туттар эрэллээх — эр дьоммут.
Эйэлээх олоҕу уһансан
Кэлбэттии букатын бардыгыт…

Аймалҕан бөрүүкүүр күннэрэ
Сир дойду үрдүнэн сатыылыыр,
Бииртэн биир саллааты охторор,
Күнтэн күн сырдыгы хаххалыыр…

Эһиги геройдуу быһыыгыт
Өрүүтүн норуокка ахтыллыа!
Киэн тутта ыччаккыт солбуйуо,
Ааккытын ааттата туруоҕа!

Дойдубут кыайыылаах тахсыаҕа
Хайаан да — Уруйдаах буолуохпут!
Аан дойду үрдүнэн бүтүннүү —
Эйэлээх олохпут сыдьаайыа!

Инна Николаева — Угинка

Дата обновления страницы: 06.03.2024

>